«Дом народного творчества»

«Аартык» им. А.С. Бродникова

Муниципального образования «Телейский наслег»

«АЙХАЛЛАН, ЧУРАПЧЫ!»

Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн», Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Оҕо саас», Чурапчы улууһугар «Ыал саргыта», Төлөй нэһилиэгэр «Экология уонна благоустройство» сылларыгар анаммыт нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар улуустааҕы «Айхаллан, Чурапчы!» уус-уран самодеятельнаһын фестивалын чэрчитинэн саха биллиилээх олоҥхоһута Иннокентий Гурьевич Тимофеев — Теплоухов «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун олоҥхо испиктээкил быһыытынан туруоруллубут кэнсиэр Төлөй нэһилиэгэр олунньу 16 күнүгэр буолан ааста.

Нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар улуустааҕы «Айхаллан, Чурапчы!» уус-уран самодеятельнаһын фестивалын иһинэн кыл-сиэл оҥоһуктарга «Сиэл тойуга» диэн ааттаах быыстапка турда.

Бу оҥоһуктары биһиги Төлөй нэһилиэгин “Сиэл утума” куруһуок эйэҕэс эбээлэрэ, мааны Далбар хотуттара, уран илиилэринэн сылааһын иҥэрэн, санааларын ууран иҥэрбит оҥоһуктарын көрдөрдүлэр.

Фестиваль түмүгүнэн :

— «Сиэл ситимэ» түмсүү , сал. Попова Е.М. ЛАУРЕАТ

— Хор «Айхаллан, Чурапчы!» , хормейстер Крюкова Т.А. ДИПЛОМАНТ

— Хара уонна Үрүҥ сылгылар үҥкүүлэрэ «Дайыы» үҥкүү бөлөҕө, сал. Сивцева М.А. ДИПЛОМАНТ

— «Бастыҥ уот-күөс, тыас-уус» анал аат иҥэрилиннэ.

Комментарий читателей статьи "«АЙХАЛЛАН, ЧУРАПЧЫ!»"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *