Бука бары нэһилиэкпит пенсионердарын сайыммыт саҕаланар кэрэ бэлиэ кэминэн, сымнаҕас, алгыстаах амтаннаах алаадьынан, сибиэһэй эмис балыгынан уонна самаан сайын бастакы маанылаах аһынан кус миининэн нэһилиэкпит күүстээх аҥардара Байанай күндүлээбит бэлэҕиттэн амсайаргытыгар ыҥырабыт.
🌼🌼🌼🌼🌼🌼🌼🌼
Программаҕа:
⚜️11:00 чаастан мустуу
⚜️»Ньукуолун күнүнэн» үөрүүлээх арыллыы
⚜️Эҕэрдэ нүөмэрдэр
⚜️Хамаанданан арахсан күрэхтэһии
⚜️»Минньигэс эбиэт» ( кус миинэ, балык, сылаас чэй)
⚜️Спортивнай күрэхтэһиилэр, маассабай оонньуулар
Бары пенсия саастаах дьоммут кэлэн үөрэ-көтө, сынньана, сэргэхсийэ кэлиҥ диэн ыҥырабыт!
Илдьэ кэлэҕит: аһыыр ас, аһыыр иһит, үчүгэй настроение✊🏻✊🏻✊🏻
Пенсионердар түмсүүлэрэ